Саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала, киһи аймах сүдү баайа буолбут улуу эпоспытын сүгүрүйэр Олоҥхо. Хоро нэһилиэгэр Сэтинньи 27 күнүгэр Олоҥхо уонна хомус декадата түмүктэннэ. Олонхо күнүгэр турбут «Уус-Алдан олоҥхоһуттара», хомусчут Оготоев П.П. 65 сылыгар аналлаах быыстапкаттан саҕаланна. «Виртуоз — Хомусчут П.П.Оготоев». Хоро олохтооҕо, олонхоһут Бурцев А.П. ( Бөскөй Бөҕө) С.С.Васильев — Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олонхотуттан быһа тардан олонхолообутун дьон истэн махталларын тиэртилэр. Олонхо декадата өбүгэ оонньуутунан түмүктэннэ.











