Майаҕас үһүс саас оскуолатын иһинэн үлэлиир » Баайыы куруһуога» 4 -с төгүлүн ыытылынна. Мындаабаттан анаан-минээн Андреева Марфа Николаевна үөрэтэ кэлэр. Кини бэйэтэ оҥорбут харыйа оонньуурдарын чилиэттэригэр үөрэтэр, бу оҥорбут оонньуурдарбытынан саҥа дьыллааҕы харыйабытын киэргэтиэхтээхпит. Онон сорукпут элбэх оонньууру баайарга кыһаллабыт.


