Саха АССР үтүөлээх артыыската
Уус-Алдан улууһун Хоро нэһилиэгэр 1915 с. балаҕан ыйын 1 күнү-
гэр төрөөбүт. П.А. Ойуунускай аатынан Саха драматическай театрын
иһинэн студияны 1934 с. бүтэрбит. Сахалартан бастакы драматическай
театр артыыската.
Прасковья 60-ча араас оруолларга оонньообут:
С. Ефремов «Ини-бии»,»Көмүс балык», С. Омоллоон «Айаал», «Лэкиэс
», Н. Туобулаахап «Селькор Сэмэн», И. Избеков «Оотуй уонна Тоо-
туй», «Күөрэгэйдээх алааска», С. Омоллоон « Күкүр Уус», «Күн чөмчүүк», «Тоҕу ааҥнааһын», Л.
Леонов «Туйаара», В. Протодьяконов «Аллаан кэргэттэрэ», И. Находкин о.д.а.
«1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн, «Саха АССР
15 сыла» бэлиэнэн наҕараадаламмыт.
- Информация о материале
- Категория: Знаменитые люди
- Просмотров: 653
- Саха народнай поэта, талааннаах тылбаасчыт С.П. Данилов 105 сылыгар аналлаах Горнай улууьа ыыппыт "НОРУОТ-ПОЭТЫН - НОРУОТ АА5АР" республикатаа5ы челлендж күрэхтэһиитигэр ааҕааччыларым кыттыыны ыллылар, махтал суруктарынан наҕараадаланнылар.
- К.И.Чуковскай 140 сылыгар аналлаах оскуола О5олоругар уонна "Чуораанчык" детсад о5олоругар выставка турда, викторина ыытылынна уонна кинигэлэри билиьиннэрии буолла.
- Информация о материале
- Категория: Знаменитые люди
- Просмотров: 644
Гаврил Антонович Копырин
Кини кулун тутар 23 күнүгэр 1936с. Бээрийэ нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1945 с. Бээрийэҕэ оскуолаҕа киирбит, 1954 с. Танда сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбит. 1957 с. Мүрү орто оскуолатын 9-с кылааһын бүтэрэн баран армияҕа сулууспалыы барбыт. 1960 с. демобилизацияланан кэлэн баран 1961 с. киэһээҥҥи онус кылааһы бүтэрбит. 1971 с. Өлүөхүмэтээҕи техникуму бүтэрэн, техник-механик идэтин ылбыт. Үөрэҕин бүтэрээт Герой - Егоров аатынан колхозка, совхозка хотон механизациятыгар наладчигынан, механигынан үлэлээбитэ, 1976 сылтан «Сельхозтехника» тэрилтэтин өрөмүөннуур мастарыскыайыгар инженер-дефектовщигынан үлэлээбитэ. 1987-91 сс. пенсияҕа тахсыар диэри «Мүрү» совхозка хотон механизациятын наладчигынан үлэлээбитэ. Үлэтин стаһа - 42 сыл.
1974 с. Майаҕас кыыһын Крылова Марина Романовнаны кэргэн ылан, уоллаах кыыс оҕолоохтор.
Бээрийэ нэһилиэгин бочуоттаах гражданина. Мүрү саһарҕата хаһыат общественнай корреспондена. Саха Республикатын уус- уран оҥоһуктарын маастара. 1974 сылтан Майаҕаска ыал буолан олорбута, дьиэ-уот туттан, мас олордон, оҕолонон, эһээ дэтэн бу орто дойдуттан ыарахан ыарыытыттан 2009 с. суох буолбута. Киһи олоҕун ситимэ барыта дьиэ-кэргэн, уруу-хаан, сыдьаан тардыыларыттан салҕанар. Ол иһин сайдыылаах омуктар көлүөнэттэн көлүөнэ бэйэлэрин удьуордарын уратыларын олус үрдүктүк тутан өбүгэлэрин үгэстэрин кичэйэн үөрэтэллэр, уонна ону сайыннарыыга бүтүн олохторун аныыллар. Гаврил Антонович а5ата Онтуон оҕонньор мас ууһа, ийэтэ Өлөксөөндөрө иистэнньэн эбитэ үһү. Бииргэ төрөөбүттэрэ:
Петр Антонович уруһуйдуура, эдьиийэ Мария Антоновна иистэнэрэ. А5ам мас ууһа буолан бэрт кырабытыттан кычана үөрэммитим. Оччотоо5у о5о оонньуур бэйэтэ эбэтэр убайа, эдьиийэ оҥороро. Кини мастан кыһан уһанарын сэбулуурэ, Станок диэни туттубата5а. Уьаныы үтүө дьарык, бириэмэни туьалаахтык атаарыы кэруҥэ биирэ, эдэр дьон уһана үөрэнэн дьиэ-уот тэрилин бэйэлэрэ оҥостоллоругар ба5арабын диирэ. Гаврил Антонович уһанарын таһынан ойуулаан- дьүһүннээн уруһуйдуурун сөбүлүүрэ. Ордук айыл5а көстүүтүн олус сөбүлүүрэ. Үчүгэйи үтүктэртэн кыбыстыбаппын - диирэ. Улуу художниктар үлэлэрин үтүктэн оҥороро, Айвазовскайы, Щербаковы, Левитаны, Шишкины о.д.а. Мүрү эбэ эгэлгэ көстүүлэрин ис сүрэ5иттэн иэйэн туран уруһуйдуура. Атын дьонтон уратыта айыл5аны бэрт кыра5ытык кэтээн көрөрө. Сулустарга анаан карта оҥостон тута сылдьара. Саха омук сиэрин-туомун, тылын - өһүн туьунан элбэ5и суруйбута. Аа5ааччылар интириэстэрин тардара, суруйуулара ис хоьооннорунан киэҥнэрэ. Ыстатыйаларын ааттарын көрдөххө ылбычча киһи ылсыбат сатаан ырыппат, мээнэ киһи.
«Саха о5уҕун мииннэ да, бөлүһүөк оһо5ун иннигэр олордо да - олонхоһут» бу бэргэн этии биһиги Саха буоларбытын этэр. Биьиги биир дойдулаахпыт, кэргэним Г.А Копырин тус бэйэтин олонхо5о эйдэбуллэрин санатан ааьарга сананным: Г. Антонович бэйэтин кэмигэр олонхону аахпыт киьи этэ. Ол курдук Г.А Ойуунускай Дьулуруйар Ньургун Боотур 7 т. кинигэтин толору аахпыта, уонна кичэллээхтик суруйара, ырытара.
- Суруйбут ыстатыйаларыгар олонхо5о тыл сумэтэ, айыл5а кистэлэнэ, барыта баар диирэ. Кини суруйбут ыстатыыйатыгар олонхонон сибээстээн, саха норуота хантан кэлбит буолуон сэбун, олонхо географиятын, олонхо уонна кини геройдарын туьунан тиэмэлэри таарыйара. Олонхо5о кэстэр кэстуулэри: улахан уулары да буоллун, саха оло5ор сыьыары тутан быьаарара. Эбугэлэрбит барахсаттар айан хаалларбыт дирин ис хоьоон суду айымньыларыгар уонна ону сурукка туьэрэн саас уйэ тухары умнуллубакка туьалыы сытар кыа5ы биэрбит дьоммутугар бар5а махтал тылын этэн туран сугуруйэрин биллэрэрэ. Ону сэргэ Гаврил Антонович олонхо тылын-эьун, ис хоьоонугар чинчийии улэ тыл уэрэхтээхтэр кэмэлэрунэн ыытылыахтаа5ын, олонхо5о тирэ5ирэн сирбит дойдубут ньуурун уэрэтии ыччат соруга диирэ. Олонхо тылын-эьун туьаныы. Ис хоьоонугар ымпыктаан-чымпыктаан уэрэнэ сатааьын хас биирдии сахабын диир киьи иэһэ диирэ. Олонхо суду айымньы. Ону уэрэтии биьиги иэспит, туьаныы сорукпут диирэ, олонхобутугар ананар тэрээьиннэргэ кэхтээхтук кыттан истэхпитинэ туора харахха утуэтук кэстуэхпут , олонхобутуттан эйэбул ылар сылта5ын оностуохпут диэн эппитэ, хас биирдиибитигэр туьаайара.
Мүрү саһарҕатыгар олонхо тематыгар суруйбут ыстатыйалара
- Олонхо сыла, олонхо географията - 2008
- Олонхо туьунан 2006 с
- Олонхо суду айымньы.
- Олонхоттон сиэттэрэн ,
- Олонхобут хас эйдэбулэ 2009
- Бутэьик тыьыынча !
7 Аан дойду эстиитэ 2002
- Информация о материале
- Категория: Знаменитые люди
- Просмотров: 697
Биллиилээх государственнай, политическай уонна
общественнай деятель, биллиилээх суруйааччы, драматург
Василий Андреевич ПРОТОДЬЯКОНОВ – Кулантай
(14.11.1912-04.05.1993 сс.)
1941 бэс ыйыттан БСК (б)П чилиэнэ. БСК (б)П Дьокуускайдааҕы обко-
мун бюротун чилиэнэ, Партия обкомун бюротун чилиэнэ.
ССРС Үрдүкү Сэбиэтин 2-3-с ыҥырыытын депутата, Саха АССР
Үрдүкү Сэбиэтин 2-3-с ыҥырыытын депутата.
Ленин, Үлэ Кыһыл Знамята уонна Бочуот Знага уордьаннар кавалерда-
ра.
П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата,
РСФСР уонна САССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Дьокуускай куорат
уонна Уус-Алдан оройуонун бочуоттаах олохтооҕо.
1947–1949 сс. – Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэ-
дээтэлэ.
1941–1947 сс. – Саха АССР үбүн народнай комиссарынан, миниистиринэн үлэлээбитэ.
1948–1950 сс. – Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.
1951–1953 сс. – Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.
1953–1958 сс. – Саха суруйааччыларын Сойууһун салайааччыта.
Айар үлэтэ 1931 с. саҕаламмыта, ити дьыл «Үөрэххэ барааччы ырыата» диэн хоһооно бэчээт-
тэммитэ.
1969 с. П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай литературнай музейы төрүттээччи,
бастакы дириэктэр.
1993 с. Чараҥҥа Кулантай аатынан Литературнай музей-комплекс балаҕан ыйын 12 күнүгэр
аһыллыбыта.
1996 сылтан Майаҕас орто оскуолата кини аатын сүгэр.
Хоро нэһилиэгин Майаҕас бөһүөлэгэр В.А. Протодьяконов – Кулантай аатынан уулусса олох-
томмута.
З.В. МИГАЛКИНА, Д.И. ПУХОВ
«Кулантай - Василий Протодьяконов» кинигэттэн, 2008 с.
Норуот сүгүрүйэр киһитэ
В.А. Протодьяконов – Кулантай Хоро нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.
Оҕо сааһыгар төгүрүк тулаайах хаалбыта. 1931 с. Василий Андреевич Мүрү 7 кылаастаах
оскуолатын бүтэрэн баран, Дьокуускайга үөрэнэ киирбитэ. Кини үп техникумун кыһыл
дипломунан бүтэрэр.
Москватааҕы финансовай институту кэтэхтэн үөрэнэн, эмиэ кыһыл дипломнаах бүтэрбитэ.
Өрөспүүбүлүкэ үбүн наркомугар үлэҕэ киирбитэ. Кини дьоҕус дуоһунастан саҕалаан баран
үүнэн, үрдээн үп наркомун миниистирин курдук олус эппиэттээх, киэҥ далааһыннаах үлэҕэ
таһаарыылаахтык өр сылларга үлэлээбитэ.
Кини Саха АССР үбүн министиэристибэтин салайан олорор кэмнэригэр, ССРС үбүн
министиэристибэтэ социалистическай куоталаһыыны дойду үрдүнэн киэҥник ыытара.
Бүтүн Сойуустааҕы куоталаһыыларга Саха АССР үбүн наркома уон төгүл кыайыылааҕынан
тахсыбыта.
147
Василий Андреевич сахатын сирин дьиҥнээх патриотун быһыытынан билии, үөрэх кэҥии-
ригэр, наука кэскиллээхтик сайдарыгар ис сүрэҕиттэн кыһаллара, болҕомтотун уурара.
Ол иһин 1947 с. үп миниистиринэн үлэлии олорон биһиги республикабытыгар ССРС НА
СО филиалын базата тэриллэригэр дьиэ-уот наада буолбутугар, бэйэтэ тылланан, сүүстэн
тахса үлэһиттээх министиэристибэтин финансовай техникум уопсай дьиэтигэр көһөрөн,
хонтуоратын туран биэрбитэ.
Бу оччолорго, билигин да мээнэ миниистир оҥорбот хорсун,
дьоһуннаах хардыыта этэ. Онуоха министиэристибэ үлэтэ-хамнаһа мэһэйдэппэтэҕэ, ханнык
да хоромньу таһаарыллыбатаҕа. Сотору буолан баран Василий Андреевич ССРС үбүн
миниистирэ Зверевтэн оччолорго Дьокуускайга суох таас архитектуралаах, үс мэндиэмэннээх
үп министиэ- ристибэтин таас дьиэтин туттарары ситиспитэ.
1948 с. Василий Андреевич Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн
талыллыбыта. Баччаларга биһиги государствобыт Аҕа дойду улуу сэриитин кэнниттэн
улаханнык алдьаммыт, айгыраабыт кэмэ этэ. Дьэ, маннык күҥҥэ-дьылга үлэлээн, Василий
Андреевич салайар-
тэрийэр үлэҕэ ыарахаттартан чаҕыйбакка, норуотум туһа диэн хорсуннук
турууласпыт, киэҥ үлэни ыыппыт киһи буолар. Кини республикабыт инники кэскилин туһугар
элбэҕи, үйэлээҕи оҥорбута.
1952 с. кулун тутарга ССРС Үрдүкү Сэбиэтин сессиятыгар Василий Андреевич депутат
быһыытынан туруорсан, республикаҕа тутуу туруга олус мөлтөҕүн ыйан, дакаастаан туран,
государственнай бюджеты таһынан эбии бөдөҥ сууманы көрдөрөн ылбыта. Тутуу саха
тыатын оройуоннарыгар биллэрдик тэтимирбитэ. Эмиэ ити сыл Кремль дыбарыаһын үрдүкү
трибунатыттан Саха Республикатыгар үрдүк квалификациялаах кадырдары иитэр-бэлэмниир
кыһаны – Саха государственнай университетын аһан, олохтоох ыччаттартан инженердэри,
геологтары, врачтары, наука үлэһиттэрин, тыа хаһаайыстыбатын специалистарын уо.д.а.
бэлэмниир наадатын ылыннарыылаахтык туруорсан тыл эппитэ. Итинтэн салгыы кини
саха бырабыыталыстыбыта ССРС үрдүк үөрэҕин миниистирэ Елютины кытта «Саха
государственнай университетын аһыы туһунан» ССРС бырабыыталыстыбатын Уурааҕын
бырайыагын оҥорон, ССРС Госпланыгар киллэрэри ситиспитэ. Саҥа тэриллиэхтээх СГУ
преподавательскай кадырдарын сүүмэрдээһиҥҥэ
эмиэ быһаччы кыттыбыта.
Василий Андреевиһы Саха сирин үлэһиттэрэ ССРС уонна Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтигэр
икки төгүл депутатынан быыбардаабыттар. Ол норуотун үрдүк итэҕэлин кини ис сүрэҕиттэн
ылынан, чиэстээхтик толорбута. Кини норуотун кыһалҕатын кыһалҕа оҥостон, иҥнэн-толлон
турар диэни билбэккэ, туһааннаах боппуруостарын тиһэҕэр тиийэ туруорсар дьиҥнээх депутат
быһыытынан бэйэтин көрдөрбүтэ. Эҥкилэ суох чиэһинэй, киэҥ далааһыннаах салайааччы
буоларын көрдөрбүтүн иһин, Василий Андреевич государство элбэх үрдүкү уордьаннарынан,
мэтээллэринэн наҕараадалаабыта, Россия уонна Саха сирин культураларын үтүөлээх үлэһитэ
диэн бочуоттаах аат иҥэриллибитэ.
Василий Андреевич бу наҕараадалара, бочуоттаах аата-суола төрөөбүт норуотун махталын
быһыытынан сыаналанар.
Иннокентий СЕМЕНОВ,
суруйааччы, 2008 с.
- Информация о материале
- Категория: Знаменитые люди
- Просмотров: 673
Евграф Михайлович Крылов родился 21 марта 1915 года в Хоринском наслеге Борогонского улуса. В 1947 году окончил Московское художественное училище памяти 1905 года (мастерская В.Н.Бакшеева). В 1948-1953 гг. был председателем Правления Союза советских художников ЯАССР, в 1953-1955 гг. — директором Якутского отделения Худфонда РСФСР. Участник Великой Отечественной войны. Награжден медалями «За победу над Германией в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг.», «За трудовую доблесть», «Двадцать лет победы в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг». Член Союза художников СССР с 1948 г. Умер 22 апреля 1974 года в Якутске
В 1939 году был призван на войну с белофиннами, в 1941 году добровольцем ушел на фронт. Воевал на Западном фронте на должностях политрука, командира взвода. За участие в освободительных боях городов Вязьма, Харьков, Полтава, Цветково, Перемышль награжден знаком «Отличник артиллерии». В 1947 году окончил Московское художественное училище памяти 1905 года. Евграф Крылов учился в мастерской художника-передвижника, создателя жанровых полотен, пейзажиста, действительного члена Академии Художеств СССР, народного художника, Лауреата Государственной премии СССР Василия Бакшеева. В 1948-1953 гг. был председателем Правления Союза советских художников ЯАССР, в 1953-55 гг. — директор Якутского отделения Худфонда РСФСР. Награжден медалями «За победу над Германией в Великой Отечественной войне 1941-45 гг.», «За трудовую доблесть», «20 лет победы в Великой Отечественной войне 1941-45 гг.».
Член Союза художников с 1948 г., Евграф Михайлович, под впечатлением многочисленных поездок по Якутии, воспел природу родной республики в таких работах как «Река Лена», «В горах Оймякона», «В родном алаасе», «Шуга на Лене», «Озеро у моря Лаптевых». Специалисты отмечают, пейзажи живописца Евграфа Крылова отличаются тонкими цветовыми гаммами, лиричностью, простотой и скромностью мотивов.
Участник выставок: республиканского, изобразительного искусств и народного творчества Якутской АССР (Москва, 1957), изобразительного искусства Якутской АССР (Москва, 1963), «Художники Якутии», посвященной 50-летию Якутской АССР (Ленинград, Уфа, 1972), региональной «Советский Дальний Восток» (Хабаровск, 1964; Владивосток, 1967), произведений художников автономных республик РСФСР (Москва, 1971). Порядка восьмидесяти полотен Е.М. Крылова хранятся в Национальном художественном музее Республики Саха (Якутия).
- Информация о материале
- Категория: Знаменитые люди
- Просмотров: 814