Кыайыы 80 сылын көрсө  Хоро нэһилиэгэр,  ыам ыйын 7 күнүгэр  Хоро нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһыгар, сэрии сылын оҕотугар  Скороходкина Антонина Николаевна олорор дьиэтигэр ититии ситимэ холбонно.  Улуу Кыайыы 80 сылыгар улахан дьыала оҥоһулунна диэн оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ үөрүүлэрэ үгүс. Улахан махталларын тиэрдэллэр нэһилиэк администрациятыгар, баһылык Ушницкай А.А. уонна ититии ситимин холбообут, улууспут уонна Майаҕастааҕы  ЖКХ үлэһиттэригэр.