Сэрии бэтэрээнэ Г.П. Крылов суруйан хаалларбыт матырыйаалларынан «Кыайыыны уһансыбыт олоҕум» кинигэ сурэхтэниитэ ыытылынна.
Сэрии бэтэрээнэ С.Г. Крылов аатынан Майа5ас модельнай бибилэтиэкэтигэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар «Хоро нэьилиэгэ а5а дойду сэриитигэр» быыстабка уонна сэрии бэтэрээнэ Г.П. Крыловка аналлаах быыстапка турда. Саха сиэринэн арчыланан, үрүҥ утаҕынан күндүлэнэн тэрээһин саҕаланна. Оройуоннааҕы модельнай бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатыттан Ольга Николаевна Павлова кинигэ дириҥ суолтатын бэлиэтээн туран тутулун, ис хоһоонун сиһилии сырдатта.
«Кыайыыны уҺансыбыт олоҕум» кинигэҕэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Улуу Кыайыыны Берлиҥҥэ тиийэн көрсүбүт, сэрии кэнниттэн Уус Алдан оройуонугар салайар хаһаайыстыбаннай, сэбиэскэй, партийнай үлэлэргэ сылдьыбыт сэрии, үлэ бэтэрээнэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин 2-с истиэпэннээх уордьанын, «Хорсунун иҺин», «Бойобуой үтүөлэрин иҺин», «Берлины ылыы иһин», «Германияны кыайыы иһин» бойобуой мэтээллэр кавалера Крылов Гаврил Павлович (1921-1993) сэриигэ сылдьыбыт сырыытын кэпсиир сэһэнэ, Хоро нэһилиэгин Майаҕас олохтоохторун туһунан уочаркалара киирбиттэр.
Оройуоҥҥа убаастанар аҕа көлүөнэ салайааччылар М.Н. Сибиряков, В.В. Гоголев, М.Е. Фомина, Ю.И. Артамонов, А.И. Пухова, М.С. Борисова, И.И. Егоров Гаврил Павлович туһунан ахтыыларын киһи сэргээн ааҕар. Кинигэҕэ Г.П. Крылов 6 оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин үлэҕэ, олоххо ситиһиилэрэ өҥнөөх хаартысканан наарданан киирбиттэрэ ааҕааччы болҕомтотун тардар.
Кинигэни улахан уола Гаврил Крылов, сиэнэ Римма Крылова олус бэркэ таҥан оҥорон бэлэмнээбиттэр. Кинигэ 100 экз. бэчээттэнэн тахсыбыт. Майа5ас олохтоохторо дьоннро олорон ааспыт олохторун истэн, уоруулэрэ угус.
\