Киһи – аймах өйө – санаата

Мунньуллубут бу манна,

Билии – көрүү дыбарыаһа

Буолар эбит библиотека.

Манна киирэн кэллэххинэ

Бааллар араас кинигэлэр,

Ааҕан саҥаны биллэххинэ

Дууһаҥ, санааҥ сэргэхсийэр.

                                          

                                                        И.И.Ховров – Моххо

   Библиотека тэриллиитин историята

  Хоро нэһилиэгин Майаҕас бөһүөлэгэр ааҕар балаҕан 1931 сыллаахха аһыллыбыта. Бу ааҕар балаҕан сэбиэт дьиэтин биир хоһугар баара. Оччотооҕуга ааҕар балаҕан үлэһиттэрэ идеологическай, агитационнай – маассабай үлэлэри, партия, правительство ылыммыт уураахтарын кытта билиһиннэриини тэтимнээхик ыыталлара. Тэрилтэлэр истэринэн комсомолецтар үлэлэтэр кыһыл муннуктара ааҕар балаҕанынан салаллара. Хоро нэһилиэгин үрдүнэн ааҕар балаҕан Майаҕаска эрэ баара. Бастакы сэбиэдиссэйинэн - Үлэ Геройа  Бурцев Данил   Гаврильевич үлэлээбитэ.

   Ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйдэрэ:

 Бурцев Данил Гаврильевич — 1931 с.

 Копырин Петр Петрович – 1937 с.

 Бурцева Парасковья Афанасьевна -1938-41 сс.

  Крылов Семен Гаврильевич 1945-48 сс.

 Библиотека сэбиэдиссэйдэрэ:

 Колодезников Елена Николаевна 1948 с.

Александрова Екатерина Ивановна 1948-54 сс.

 Ховрова Матрена Никоновна 1949-52 сс.

Вензель Агафья Онуфриевна 1954-58 сс.

Находкина Анна Романовна 1958-60 сс.

Федорова Мария Константиновна 1960-61 с.с

Бурцева-Местникова Екатерина Андреевна 1961 с.

Сивцева Гликерия Иннокентьевна 1961-62 сс.

Кулаковская Мария Васильевна 1969-80 сс.

Крылова Ольга Еремеевна 1980-86 сс.

Третьякова Клара Захаровна 1987-88 сс.

Сидорова Аграфена Афанасьевна 1988-97 сс.

Павлова Наталья Семеновна 1997-99 сс.

Павлова Туяра Степановна 1999-2005 сс.

Андросова Розалия Викторовна 2005-2009 сс.

Борисова Милена Васильевна  2010 с.

Костромина Альбина Егоровна 2010 с.

Кириллина Ксения Николаевна 2010 сылтан

 Тех үлэһиттэр:

    Иванова Людмила Михайловна

    Бурцева Елена Ивановна

    Петрова Валентина Николаевна

    Стручкова Римма Владимировна

    Малышева Диана Васильевна

    Иванова Агафья Николаевна

    Копырина Лена Егоровна –

    Иванова Надежда Павловна

Майаҕас библиотекатыгар үлэлээбиттэрэ

  Бурцев Данил Гаврильевич (1899—1984)

 Нэһилиэгэр  бүттүүн үөрэхтээһиҥҥэ, культурнай олоҕу пропагандалааһыҥҥа, колхозтааһыны тэрийиигэ улахан кылаатын киллэрбитэ. 1933—38 сылларга «Кыһыл Маяк» колхоз бэрэссэдээтэлинэн, 1938—43 сылларга райисполком солбуйар бэрэссэдээтэлинэн, райисполком суолга отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1943—54 сылларга — МТС—ка партийнай үлэни тэрийээччинэн, Хоро н                                     нэһилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, колхоз солбуйар                           бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. 1935 сыллаахха БСКСК «Үлэ Геройа» грамотатынан наҕараадаламмыта

 Копырин Петр Петрович 1937 сыллаахха  ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

 Бурцева Парасковья Афанасьевна (1919—1974 )      

Нэһилиэккэ политическай, культурнай-маассабай үлэни тэрийээччи. Нэдиэлэ ахсын ыччат күүһүнэн концертары, испэктээктэри туруорара, рейдэлэри ыытара, ыаллары кэрийэн республика уонна оройуон сонуннарын кэпсиирэ. 

1941 сыллаахха Хоро нэһилиэгин советын секретарынан, 1942 сыллаахха «Кыһыл агроном» колхоз председателинэн ананан үлэлиир. 1942 сыллаахха Хоро нэһилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн быыбардаммыта. 1948 сыллаахха оройуон сэбиэтин социальнай харалтатын отделыгар, 1964 сыллаахха үөрэх оройуоннааҕы салаатын бухгалтериятыгар үлэлээбитэ. 1947 сыллаахха «Бочуот Знага» орденынан наҕараадаламмыта.

   Крылов Семен Гаврильевич (1912-1999)

Отутус сыллааҕы комсомол чилиэнэ, 1936-39 сылларга  нэһилиэгэр комсомол ячейкатын сэкэрэтээрэ,  бырабылыанньа чилиэнэ. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ 1942 сыллаахха ыҥырыллыбыта. 1945 сыллаахха этэҥҥэ дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Оройуоннааҕы заготовка тэрилтэтин инструкторынан, Хоро нэһилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн, колхозка хонуу бригадирынан үлэлээбитэ.

      Бойобуой наҕараадалара: Аҕа дойду сэриитин  I  степеннээх, Албан аат III степеннээх орденнарынан, «Германияны кыайыы иһин», «Аҕа дойду сэриитин 1941—1945 сылларга килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

 Колодезникова Елена Николаевна 1948 сыллаахха  библиотека сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 

 Александрова Екатерина Ивановна (1926—2008)       

1948 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культурнай сырдатар оскуоланы бүтэрбитэ. Аҕа дойду сэриитин кэнниттэн алдьаммыт-кээһэммит олоҕу чөлүгэр түһэриигэ, үүнэр көлүөнэни билии-көрүү аартыгар сиэтэн киллэриигэ, кинигэни таптыырга элбэх оҕону ииппитэ.  Отуттан тахса сыл үтүө суобастаахтык үлэлээн,  бочуоттаах сынньалаҥҥа Мүрү №1 –дээх орто оскуолатын библиотекарынан үлэлээн тахсыбыта. «Ийэҕэ Албан аат» уордьанынан, «Ийэ буолуу» мэтээлинэн, «Ийэҕэ үрдүк махтал» знагынан наҕараадаламмыта. Баатаҕай, Мүрү нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо.

    Ховрова Матрена Никоновна (1921—)

  Хоро нэһилиэгэр бастакы быыбардыыр уокурукка депутатынан үлэлээбитэ. 1951 сыллаахха Уус-Алдан оройуонугар суутун сэтээтэлинэн быыбардаммыта. 1952 сыллаахтан райсоюзка бухгалтерынан үлэлээбитэ.

       Вензель Агафья Онуфриевна библиотека сэбиэдиссэйинэн 1954-58 сылларга  үлэлээбитэ.

   Находкина Анна Романовна (1925—2001)

1959 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культурнай сырдатар училищены үөрэнэн бүтэрбитэ. Библиотекаҕа биллэр —көстөр үлэни тэрийбитэ. Ааҕар кыахтаах нэһилиэнньэ барыта ааҕарын ситиспитэ. Библиотека  фондата хаҥыырыгар сыратын уурбута. Майаҕас бөһүөлэгин ыалларын дьиэнэн картатын оҥорбута, уонна библиотекаҕа ыйаан туруоран     ааҕыы учуотун көрдөрүүгэ таһааран иһэрэ. Чараҥ    бөһүөлэгин кытта хабан фермаларга передвижка үлэлэппитэ. Маассабай тэрээһиннэри тиһигин быспакка ыытара. Кэлин оройуон библиотекатын сэбиэдиссэйинэн, Тулуна библиотекатыгар үлэлээбитэ. САССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуоттаах Грамотатынан наҕараадаламмыта. САССР культуратын үлэһиттэрин I уонна III съезтэрин делегата.

  Федорова Мария Константиновна (1936 —2001)

I Өспөх нэһилиэгэр төрөөбүтэ.  1960 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культурнай сырдатар училищены үөрэнэн бүтэрбитэ. Үлэтин Майаҕас библиотекатыгар саҕалаабыта. Бу сыл манна оройуоннааҕы тэрээһиннээх семинар ыытыллыбыта. Майаҕаска үлэлии сылдьан  кини комсомольскай тэрилтэ секретарынан, оройуоннааҕы комсомольскай конференция делегатынан талыллыбыта. 1961 сылтан Баатаҕай библиотекатыгар 29 сыл устата  эҥкилэ суох үлэлээбитэ. САССР культуратын үлэһиттэрин V съеһин делегата

 Бурцева – Местникова Екатерина Андреевна 1961 сыллаахха библиотека сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

    Сивцева Гликерия Иннокентьевна  (1937-2021)

    Библиотекаҕа үлэлиир сылларыгар бэйэтин тула дьону түмэ тардан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Кэлин Найахы библиотекатыгар, оҕо киин библиотекатыгар ситиһилээхтик үлэлээбитэ.

   Кулаковская Мария Васильевна (1933—1986)

 Үлэлиир кэмнэригэр  кыайа—хото ааҕааччылар конференцияларын ыытара. Ааҕааччыларга куруутун болҕомтолоохтук сыһыаннаһара, бэйэтин эйэҕэс майгытынан нэһилиэнньэҕэ билигин да үтүө тылларынан ахтыллар.1980-83 сылларга Мындааба библиотекатыгар үлэлээбитэ.

   Крылова Ольга Еремеевна (1954)

 1980 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культурнай— сырдатар училищены  бүтэрбитэ. Үлэтин Хоноҕор библиотекатын сэбиэдиссэйинэн саҕалаабыта, салгыы икки сыл Чараҥ библиотекатыгар үлэлээбитэ. Майаҕас библиотекатыгар үлэлиир кэмнэригэр оҕолорго анаан ааҕыыны көҕүлүүр  сэргэх тэрээһиннэри ыытара. 1990 сыллаахха Дьокуускай  куоракка үөрэх курсовой комбинатын       библиотекарынан үлэлээбитэ.

  Третьякова Клара Захаровна 1987-88 сылларга үлэлээбитэ.

  Сидорова Аграфена Афанасьевна (1959 )

1981 сыллаахха ДьКСУ - ну хореограф идэтинэн бүтэрэн 1977—1988 сылларга Найахы кулуубугар балетмейстрынан үлэлээбитэ.1988 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культурнай—сырдатар училищены библиотекарь идэтигэр үөрэнэн бүтэрбитэ. Бу сылтан Майаҕаска үлэлии кэлбитэ. Нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын кытта дириҥ ис хоһоонноох үлэни ыыппыта. Библиотека иһинэн «Кэскил» дьиэ кэргэн кулуубун тэрийбитэ. Элбэх тематическай биэчэрдэри, конференциялары ыыппыта. Үлэлиир кэмигэр нэһилиэккэ дьахтар сүбэтин салайбыта. 1997 сыллаахха  Илин Сибиирдээҕи Культура уонна Искусство Академиятын бүтэрбитэ.  Кэлин Мындааба, Мүрү 1№—дээх орто оскуолатын библиотекаларыгар, 2000 сылтан киин библиотекаҕа библиограбынан үлэлээбитэ.«Музыка Үрдүкү оскуолатын» библиотекатын  сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Билигин Өрөспүүбүлүкэтээҕи В.П.Решетников аатынан кырдьаҕастар, инбэлииттэрин дьиэтигэр үлэлиир.  Саха Республикатын культуратын туйгуна.     

    Павлова Наталья Семеновна (1952 )

     Үлэлиир сылларыгар оскуоланы кытта ыкса сибээстээх үлэни тэрийэн, суруйааччылар үбүлүөйдэрин, бэлиэ даталары киэҥ далааһыннаахтык  ыытан нэһилиэнньэ киэҥ  араҥатын ааҕааччынан хабары ситиспит. Майаҕас «Түмсүү» сынньалаҥ киинин директорынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Кэккэ сылларга  сынньалаҥ киинин ис бараанын тупсарыыга туһуламмыт проектарынан республиканскай  программаҕа кыттан  кыайбыта. Саха Республикатын культуратын туйгуна.

 Павлова Туяра Степановна (1973)

 Илин Сибиирдээҕи Культура уонна Искусство Академиятыгар технолог библиотекарь идэтигэр кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ. Эдэр ыччаттары көҕүлээн КВН-ҥа кыттан бириистээх миэстэлэргэ тиксибиттэрэ. «Айар талаан алыба», драматическай  куруһуоктары үлэлэппитэ. Библиотека фондатын хаҥатыыга үлэлэспитэ, үөрэнээччилэр научнай —чинчийэр үлэҕэ кыттыыларын утумнаахтык тэрийбитэ. 2000 сыл түмүгүнэн Хоро нэһилиэгин «Сыл бастыҥ культуратын үлэһитэ» номинация, 2001 сыл улуус бастыҥ «Эдэр библиотекара» номинацияны  ылар. 2003 сыллаахха улуустааҕы библиотекардар бастакы  конкурстарыгар кыттан «Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ» номинацияны ылбыта.

Андросова Розалия Викторовна (1977)

       Бороҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 2000 сылтан Тандаҕа, Тиит—Арыыга библиотекарынан үлэлээбитэ. Майаҕас библиотекатыгар үлэлиир кэмнэригэр оскуоланы кытта ыкса ситимнээхтик үлэлээбитэ,   библиотека иһинэн  нэһилиэк дьахталларын түмсүүтүн тэрийбитэ.

 Кириллина Ксения Николаевна 1962с.

     Кэптэнигэ төрөөбүтэ. 1987 сыллаахха  Дьокуускайдааҕы культурнай сырдатар училищены бүтэрэн баран Улан-Удэҕэ Илин Сибиирдээҕи Культура уонна Искусство Академиятыгар үөрэҕин үрдэтэн 1997 с. бүтэрбитэ. 1987 сыллаахха  Горнай улууһун Мытаах нэһилиэгин библиотекатын сэбиэдиссэйинэн үлэтин саҕалаабыта.

Ини – бии Семен, Софрон Даниловтар музейдарын  кытта тэҥҥэ үлэлэспитэ. 1998-2002сс. Алдан улууһугар педагог библиотекарынан үлэлээбитэ. 2003-2009сс. Бээрийэ нэһилиэгин библиотекатын сэбиэдиссэйинэн, түмсүүлэр үлэлэрин сүрүннүүр координационнай центр салайааччытынан үлэлиир. 2009 сыллаахха  Булун улууһун Тиксии библиотекатыгар правовой информация сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 2010 сылтан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри  Майаҕас библиотекатын сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьар. 2017с. туһунан саҥа библиотека тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Ааҕар балаҕаҥҥа үлэлээбит, сэрии бэтэрээнэ Семен Гаврильевич Крылов аатынан Майаҕас модельнай библиотекатын аатын ылбыта.Библиотека иһинэн араас түмсүүлэр үлэлииллэр. "Абылаҥ" коллекционердар түмсүүлэрэ, аҕа саастаахтарга "Тирэх" түмсүү, оҕолорго "ЧИП" кружоктар.

Саха республикатын туйгуна.