Быһый, бөҕө дьон дойдулара Кол-во материалов: 1
Хоро бииһин ууһуттан үөскээн, тэнийэн тахсыбыт Хоро нэһилиэгэр былыр-былыргыттан кус быһый, ат бөҕө дьон үөскэтэлээн сылдьан баран, сурукка-бичиккэ киирбэккэ хаалбыттара. Арай, отутус сыллартан саҕалаан эрэ нэһилиэк бэйэтин спортивнай олоҕун сырдатар кыахтаммыта.
1936 с. Чараҥҥа буолбут ыһыахха мас тардыһыытыгар Гаврил Илларионович Конников тэҥнээҕин булбатах. Уон бууттаах ыараханы көтөҕүүгэ Влас Алексеевич Орлов тобугар диэри көтөҕөн иккис буолбут, курдаһан тустууга Роман Андреевич Крылов- Күүстээх Наһаарап кэнниттэн эмиэ иккис буолан, хоролор дойдуларын ыһыаҕар ааттарын түһэн биэрбэтэхтэр. Бу курдук, Чараҥ атын ыһыаҕар Семен Иванович Протодьяконов I сүүрүүгэ хаста да бастаабыта биллэр. Онтон уһуну сүүрүүгэ Николай Бурцев – Иэкэттэ иннигэр кими да түһэрбэт этэ. Никифоров кэнниттэн (Сэргэй Аҕабыыт уола) Семен Иванович Протодьяконов II – иккис, Георгий Васильевич Данилов кылыыга түөртүү ыллар хаамыыны түһэн, үһүс буолбуттара биллэр. Бу дьон үһүөн хаһыакка сырдатыллыбыттара. Семен Иванович Протодьяконов кылыыга хаста да кыайан биир дойдулаахтарын куруук үөрдэрэ. Хапсаҕайдьыт Иван Васильевич Аммосов, кылыыһыт Николай Иванович Протодьяконов курдук дьон уоһуттан түспэт, кэпсээҥҥэ сылдьар, айылҕаттан бэриллибит “баардаах” дьон олоро сылдьыбыттара.
Хороттон 40-с сыллар бүтүүлэрэ, 50-с сыллар саҕаланыылара Роман Михайлович Петухов хапсаҕайдаһан уонна тустан оройуоҥҥа, республикаҕа киэҥник биллибитэ. Итинтэн салгыы хайыһарга Татьяна Конникова оройуоҥҥа да, республикаҕа да иннин кимиэхэ да биэрбэтэҕэ. Афанасий Лазаревич Гуляев – Кылыыһыт Гуляев оройуоҥҥа, республикаҕа хас да төгүл субуруччу чемпионнаабыта. Эмиэ сэрии кэнниттэн хапсаҕайга Дмитрий Федорович Крылов – Муоһаан бириистээх миэстэлэри ыла сылдьыбыта биллэр. Ити кэнниттэн 50-с сыллар ортолоруттан саҕалаан, Прокопий Семенович Крылов оскуола оҕолоругар уонна улахан дьоҥҥо хайыһарга, оройуоҥҥа, республикаҕа чемпионнаабыта. Оройуон биир күүстээх хайыһардьытынан Петр Михайлович Находкин биллибитэ, хаста да оройуон сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирсэн, республикатааҕы күрэхтэһиилэргэ кыттыбыта.
1956 с. Саха сирин норуоттарын 1 спартакиадатыгар оройуон хамаандатыгар Иван Семенович Протодьяконов – сүүрүүгэ, Николай Семенович Стручков – кылыыга, ыстаҥаҕа, Татьяна Гаврильевна Конникова– диискэни быраҕыыга, ядро анньыытыгар ситиһиилээхтик кыттыбыттара.
1957 с. саҕалаан оройуоҥҥа көҥүл тустууга Николай Николаевич Бурцев, кылгас дистанцияҕа сүүрүүгэ Роман Николаевич Бурцев оройуон призердарынан буолбуттара.
Хайыһардьыттар: Екатерина Дмитрьевна Орлова, Ульяна Гаврильевна Конникова, Николай Дмитриевич Ховров холкуостарын, оройуоннарын чиэһин элбэхтик көмүскээбиттэрэ. Урукку «Хатыҥ-Сыһыы» холкуос ыччаттара Анна Петровна Стручкова, Татьяна Герасимовна Петрова – сүүрүүгэ, Григорий Григорьевич Петров I – волейболга, Филипп Степанович Петров – хайыһарга куруук ситиһиилээхтик кытталлара. Оччотооҕу «Маленков» холкуос ыччата үлэҕэ уонна спортка оройуоҥҥа биир бастыҥнарынан биллэллэрэ. Никон Никонович Ховров гиирэни анньыыга эмиэ ситиһиилэнэрэ. Иннокентий Дмитриевич Крылов, Коммунар Дмитриевич Крылов, Дмитрий Ильич Скороходкин, Василий Власьевич Орлов тустууга, Петр Власьевич Орлов уһун дистанцияҕа сүүрүүгэ оройуоҥҥа ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Марфа Васильевна Курилкина сүүрүүгэ, Василий, Петр Орловтар республикаҕа тиийэ күрэхтэспиттэрэ. Семен Васильевич Макеев, Коммунар Дмитриевич Крылов Саха АССР спордун маастардара буолбуттара. 60-с сыллар бүтүүлэриттэн саҕалаан Майаҕас ыччата, бииргэ төрөөбүт Крыловтар хайыһар спордугар оройуоҥҥа, республикаҕа тиийэ биллибиттэрэ. Прокопий, Семен, Анна, Мария, Варя, Гриша, Римма, Настя, Александр Крыловтар династиялара хайыһар спордун баһылаан, нэһилиэктэрин аатын элбэхтик ааттаппыттара. Манна кинилэр аҕалара кырдьаҕас комсомол, сэбиэскэй үлэһит, спортка дьоҕурдаах сэрии бэтэрээнэ Семен Гаврильевич Крылов үтүөтэ-өҥөтө улахан.